– Лариса, ?йд??г?н, ону?у б?тэрэн баран кыргыттар эрэ буолан бу Кыыс Кырдалыгар кэлэн барбыппытын? – Света, ол кэмнээ?и эдэр саа?ын олус к??скэ санаан олорор ки?и бы?ыытынан, дири?ник ???э тыынна.
– Баар бы?ыылаа?а, уопсай поход кэнниттэн уолаттартан кистээн кэлбиппит. Виссарион кэлсэ сатаан б??? буолбутун ?йд??б?н.
– Даа, онно бары к?н кы?ал?ата суох, са?аран к?р?-к?р? к?лэр омуннаах кыргыттар этибит. Оттон билигин хайдах курдук атын хартыынаный… Араас да олохтоох дьон буолбуппут, – Светлана эмиэ ?р? тыыммытын ?йд??б?кк? да хаалла.
– Эн на?аа ностальжилыыр эбиккин дии. Мин то?о эрэ оннук айылаах эдэр сааспын ахтыбаппын. Романтичнайым суох бы?ыылаах, – Лариса дь??гэтин, дьэ са?а ?йд??н к?рб?т ки?и курдук, одуулаан ылла.
– Лариса, эн Виссарио??ун таптыыгын дуо? Чэ, уопсайынан бу сиргэ таптал диэн баар дуо? Туох дии саныыгын? – Светлана ону эрэ к??ппэтэх дь??гэтигэр боппуруос б???т?н кутан кэбистэ.
– Таптал? Оттон баар ини. С?б?лэ?эн, т??рт о?олонон бачча олорон кэллэхпит. Ол ту?унан эчи санаабыт да суох. С?б?лэспэппит буоллар, арахсыбыт буолуо этибит. Оттон эн бэйэ? туох дии саныыгын?
– Таптал, таптал… Мин бу сотору эбээ буолар сааспар тиийиэхпэр диэри ити боппуруоска эппиэт була илик курдукпун. Дь??гэлэрбин кытта арыт эмиэ бу тема?а б?л????ктээн ылабыт да, м?кк??эн-м?кк??эн баран тар?а?абыт. Мин к?рд?хп?нэ, то?о эрэ бары «оттон, араа?а, баар бы?ыылаах» диэн соччо бы?аарыыта суох т?м?ккэ кэлэбит. Сорохтор ити барыта ?й-санаа фантазията, ?йэлээх таптал диэн суох дииллэр, иннилэрин биэрбэттэр.
– Хотуой, Света, оттон эн Гриша?ын таптаан ыал буолан олорор инигит? Саа?ырыаххытыгар диэри «эйигин таптыыбын» дэ?э сылдьыбатаххыт и?ин, эдэр сааскыт иэйиитинэн холбостоххут дии.
– Лариса, ону баара мин кинини ха?ан да таптаабата?ым. Ба?ар, уруккутун курдук, биир тэ?ник сы?ыанна?ан, улаханнык кэлэппэккэ, хомоппокко сылдьыбыта буоллар, таптаан да туруом этэ. Саамай чугас ки?им, о?олорум а?алара буолла?а дии.
– Таптаабата?ы?? Эс, хайдах оннук буолуой, – Лариса чахчы со?уйан дь??гэтин диэки эмиэ бол?омтолоохтук, ыйытардыы к?рб?хт??н ылла.
– Таптала да суох ыал буолан олороллор, сэгээр. Эн ыал барыта Виссарион би?икки курдук олороллоро буолуо дии саныыгын дуо? Ити кыргыттарбыт дьыл?аларын ырытан к?рд?б?т дии. Т??? дьоллоохторуй дьахтар бы?ыытынан? Улахан а?аардара о?олорун эрэ ту?угар олороллор. Бу ыарахан кэм?э онтон атыннык дьа?анар, арахса оонньуур кыахтара суох. ?л?гэрдээх ньиэрбэлэрин бараан, доруобуйаларын с?тэрэн… Мин медик бы?ыытынан биир т?м?ккэ кэлэн турабын: дьахталлар эрэйдээхтэр санааларын оонньоо?уна, дуу?аларын муунтуйуута барыта араас ыарыыга кубулуйан саастарын тухары эрэйдиир эбэтэр кылгас ?йэлиир. Быстах санааттан ол-бу буолаллара да элбэх. Нус-хас олохтоох, этэ??э олорор дьахталлар ыарыыга ылларбаттар. Уопсайынан, би?иги, у?ун баттахтаахтар, дьыл?абыт хайдах эр ки?ини кытта аргыста?арбытыттан улахан тутулуктаах. Лариса, эн ?ч?гэйдик, этэ??э олорору? сирэйгэр-хараххар к?ст?р. Исти? дь??гэ бы?ыытынан ис с?рэхпиттэн эн тускар ??рэбин, «Виссарион маладьыас» диибин. Инньэ диэн тиэрдээр. Лариса, мин хайдах оло?у олорон кэлбиппин эйиэхэ кэпсээбэтэхпинэ, кимиэхэ кэпсиэмий? О?о эрдэхпиттэн чугас ки?им буолла?ы?. Маннык налыччы к?рс?бэтэхпит да ыраатта. Тастан к?р??гэ мин са?а дьоллоох, барыта бары табыллыбыт дьахтар суо?а буолуо. Ол эрээри, истэр буоллаххына, кэпсиим. Хайдах эрэ а?ыллыахпын, санаабын сай?ыахпын ба?арабын. Олус дьоло суохпун диэн эмиэ санаммаппын. Эмиэ «араа?а» диирбэр тиийэбин, тапталы, араа?а, к?рс?н ааспыппын, дьол т?гэнин билбиппин. Ол дьыл?ам бэлэ?э буолбут к?рс????нэн к?н б?г???э диэри санаабын сырдатынан сылдьабын. ?ск?т? мин олохпор ол дьол т?гэнэ кэлэн ааспата?а буоллар, барыта чу?кук, сиэрэй да буолуо эбит, – Светлана, кэпсиибин дуу, суох дуу диэбиттии, дь??гэтин диэки к?р?н ылла.
– ?сс? атын таптал баар дуо, хотуой? Кэпсээ, Света, кэпсээ.