«Биирдэ к???н дьогдьоот буолан, к?н-дьыл туран, Баай Байанай мичик гынан, Нуотара Эбэ?э син бултуйбуппут. Онон хаар т????н иннинэ ?т?хп?т?н быспыппыт.
Нуотара Чачча?ар диэн салаатынан т?нн?н истибит. К?н?с биир ??тээ??э чэйдээн баран, айаннаары туран ата?ым: «Саа?ын чэ?кээйи гынан, к?хс?г?н то?ута сыстаран дь?лл?ргэ о?остума, аккар т?рг??лэн», – диэбитэ. Ол с?бэтэ идэмэрдээх иэдээни о?оро сыспыта.
«Барар сирбит ыраах, кырдьык, суол ортотугар туох баар буолуой? Биир эмэ мас к?т?р? баар буолла?ына ата?ым дьа?айар ини» дии санаатым. Онон улахан буулдьа саабын ы?ыырга иилэ бырахтым уонна туох да кы?ал?ата суох Нуотара Эбэм бииртэн биир кэрэ к?ст??т?н дуо?уйа к?р? истим. Т?б?б?р чардааттан тахсар му?ха хото?о?унуу8, араас санаа субуллар.
Быйыл Эбэбит биэрэн бэркэ бултаатыбыт дии саныыбын. Холбобутун сиэгэн эрэ булбатар ханнык, булла?ына ки?и ту?аммат гына дьаабылыыр. На?аа чанчарык, сыптарыйа-сыптарыйа сиир-а?ыыр. Эмиэ да абара, эмиэ да к?лэ саныыбын. Ыттар ситэн кэллэхтэринэ м?л?к?ч?с гынан баран тиэрэ тарас гынар. Оччо?о ыттар айыл?аларынан билэллэрэ буолуо, ?рд?гэр саба т??эн и?эн тохтоон чугурус гыналлар. Онноо?ор б?р? обургуну и?ин хайа тэбэр. Б?р? ситэн кэллэ?инэ сиэгэн эмискэ таралыс гынан иттэннэри т??эр уонна куу?ан ылар ???. Б?р? эрэйдээх, кинини ким кууспута баарай, сиэгэн т?б?т?н хампы ыстаабакка манньыйан, кыл т?гэнэ тохтуу т??эр ???. Ол кэм?э сиэгэн ороспуой икки кэлин ата?ынан б?р?н? тара?атын хайа тэбэр ??? дииллэр. Хас да ыт к?м?л??н баран, сатаан туппакка, куоттаран кэби?эллэр. Кини эмиэ би?иги курдук айыл?а о?ото. Эмиэ кырыалаах кы?ыны хайдах эрэ туоруон наада, онон холбону кы?ыны бы?а ?ссэнэр, ха?аас о?остор. Б?р? курдук у?ун ата?а суох, онон кы?ын обургу кинини эмиэ кыпчыйар буолла?а.
Дьэ оннук, ону-маны, буолары-буолбаты саныы истим. Уот кугас ана?астаах9 а?ыйах хаамыылаах сиргэ, ыар?а быы?ыгар куобах тутан, суолбутун б??лээн, атахпыт анныгар алдьархай аа?наан сытарын хантан билиэхпитий? Суол кытыытыгар, ыар?а быы?ыгар ыттарбыт охсу?ан ый-хай б???н? т??эрдилэр. Куобах сэмнэ?ин булан былдьа?ан эрдэхтэрэ дии санаатым.
Арай до?оор, тумус кэтэ?иттэн, ыар?а кэнниттэн умайар уот кугас дь???ннээх аарыма адьыр?а, ??лэс са?а айа?ын аппаччы атан, са?арбыт а?ыыларын килэтэн, уонча хаамыы сиргэ бу барыс гына т?стэ. Би?игини к?р??т, со?уйан хорус гынна уонна суос бэринэн, санаабар халлаан хайдар, сир си?нэстэр часкыырын т??эрдэ. Атым дьигис гынаат, ку?а?ан а?айдык ха?ы?ыраата, икки кэлин ата?ар туран хололоото. Мин харса суох ??мм?нэн айа?ын тартым да, тэ?ииргээбит дохсун миинэр ми?э хантан бэриниэй. Уйабар уу киирдэ, ыксал буолла, онтон атым икки инники ата?ынан сиргэ дугунна да, ?р? тэбэн бур?атта. Мин ы?ыыртан арахсан, хоолдьукпун тэлгэммитинэн ириэнэх сиргэ, хата ыар?а быы?ыгар, тас уор?абынан таралыйдым. Дь???г?й о?олоро барахсаттар куттара к?т?н, ?л?? айа?ыттан м?чч? туттаран, ?р? тэбэ-тэбэ, кэлбит суолларынан с??рэн та?кычахтыы турдулар. Мин сулбу ыстанан туран к?хс?бэр баар саабын харбанан к?рб?т?м хантан кэлиэй, суох буолла?а, аты кытта ы?ыырга иилиллэн барса турда?а. Дьэ онно ?йд??т?м, тыыммын толук уурар алдьархайдаах ал?а?ы о?орбуппун. Кэмсиммитим-кэмириммитим да и?ин, аны туох кэлэн абырыай. Хара?ым кырыытынан кылап гына к?рб?т?м, ки?им саатын с?кп?т?нэн са?а туран эрэр эбит. Сааны к?р??т син чэпчээн ?уу гынным. Арба маа?ын хара улар к?т?н к?л?б?рээн тахсыбытыгар ки?им саатын ы?ыырыттан устан с?ктэ этэ дии.
Ба?ар, ол хара уларынан сирэйдээн аар тай?а иччилэрэ би?игини ?л?р ?л?? айа?ыттан м?чч? тардан та?аарбыттара буолуо. Адьыр?а куобах у?уо?ун минньигэстик хачыр-хучур ыстыы сытта?ына, ?м?рдэн со?уппут ?ст??хт?р?н ????ннээх хара?ынан дьиэгэниччи к?рд?, бэлэммит суо?ун тута ?йд??т?. Турар т?гэн биэрбэккэ, саба баттыы охсоору ойдо. Эмискэ Суолдьут барахсан сирилээн кэллэ да, мин ?р?? тыыммын ?р???йээри, ?л?р ?л?? айа?ын б??л?? турунан кэбистэ.
?л?? айа?ын нэтээгэнэн б??лээбит диэбиккэ дылы, адьыр?а обургу кыра ыт о?отун эрэйдээ?и аа?ан и?эн хайа дайбыыр буолла?а. Эрэллээх до?орум ?р?? тыыным ?лл?й? буолан, оло?ун толук уурарга бэлэм тураахтаата. Адьыр?а Суолдьуту мэ?эйдэтэн, иннибэр икки-?с хаамыы сиргэ хорус гынна. Ол кэм?э улахан ытым Булчутум ойон кэллэ да, биир-биэс тыла суох ар?а?ыгар с?ктэрдэ. Адьыр?а со?уйан охсон к?рд? да, дэгиэ ты?ырахтаах баппа?айа кулгаа?ын кэннигэр тиийбэтэ. Булчутум барахсан адьыр?а кулгаа?ын к?м?ллээн10 барда. Манна буолла дуолан охсу?уу, ааттаах араллаан. Тыатаа?ы ардай а?ыытынан хаба сатыыр, дэгиэ ты?ырахтаах баппа?айынан охсор да, Булчут таптаран бэрт. Ытым дьыпсаатыттан, уо?уттан-уоруттан с???н, чыпчылыйыах т?гэнэ к?р?н тура т?ст?м. Ол кэм?э ки?им ыта кэллэ да, тыатаа?ы борбуйугар хатанна. Ону к?р?н, кыра ытым Суолдьуту ?т?г?ннэ.