Мин ?р гыныам дуо, к?ст?н турар сиргэ начаас ойон тиийдим. Куобах суола б???, т?тт?р?-таары барбыттара-кэлбиттэрэ элбэх. (Тараа?ка ?т???р хайа да дьылга куобах баар буолааччы). С?б?л?? к?рб?т сирбэр ту?ахтарбын баайталаан истим. Син бодьууста?ан уонча ту?а?ы ииттим. К?н аайы ?лэбин-хамнаспын ?м?р?тэн баран ту?ахпын к?р? ыстанабын. Киэ?э утуйаары сытан хас куобах и?нибитэ буолуой диэн толкуйдуубун, куобах ту?ахха и?нэн олорорун т?б?б?р о?орон к?р?б?н. Онноо?ор биир улахан да улахан муус ма?ан куобах и?нэн олорорун т??ээн к?рд?м. Дьэ хас да хонукка мэлийэн кураана?ы куустум, ма?найгы омунум-т?л?н?м аа?ан, санаам т??эн барда.
А?ам биир к?н барыста, ту?ахтарбын к?р?н баран: «Маннык иитэн куоба?ы ?йэ?эр ылыа? суо?а», – диэн со?утта уонна ту?ахпын са?алыы иитэн, к?нн?р?н биэрдэ. Сарсыныгар тиийбитим ойуур быы?ыгар биир куобах хаары ха?ар курдук м?хс?р. Мин ма?най куобах хаары ха?ан а?ыы олорор диэх курдук санаатым, онтон ?йд??н-дь??ллээн, сыныйан к?рб?т?м: ту?ахха и?нэн м?хс?р эбит. Куобахпын туппутунан дьиэбэр к?т?н т?ст?м. Эбэм олус ??рдэ, уотун а?атта, миигин ал?аата.
Ол кэмтэн ыла ?йэ а?аарын устата эбэм алгы?ынан, а?ам с?бэтинэн сыл аайы ту?ахтыыбын. Куобах суох да?аны дьылыгар Баай Байанай кыратык ?л??лээччи. К??????, кы?ы??ы чэбдик салгы??а к???л с??рэ-к?т? сылдьан бултууртан, сир-дойду кэрэтин к?р?рт?н ордук туох баар буолуой.
А?ыма?а
?рд?к ??рэ?и б?тэрэн баран Горнай улуу?угар А?ыма?а учууталынан ?лэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай к??т??лээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун б?тэрэн баран, эбиэттэн киэ?э Чэкээ ?рэ?ин кэрийэбин. Саас эрдэ, к??лгэ уу тахса илигинэ, ?рэххэ кус мустар. ?рэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэ?э дьиэм диэки т?нн?н и?эн, онно хонон аа?абын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, к?н?с кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур ба?а ба?аам.
Дьэ биир к?н куолубунан ?лэлээн баран, ?рэ?и кэрийэн, Чэкээ муостатыгар тиийдим. Манна ?рэх кэ?иир сирэ, ?с кыра к?л?ччэлээх. Мин ???ээ сыыр быарыгар сынньана олордум. Арай элбэх кынат ку?угураан тыа?аата. ?рд?к мэ?э халлааны ?р? хантайан к?рб?т?м: отучча кус ортоку ууга т??эн барылаата. Мин аргыый а?айдык ??мэн киирдим. На?аа сымна?ас кустар эбит. Барыта чыркымайдар. Арай от быы?ыттан атыыр судьу т?б?т? к???ннэ, ону хаптаччы ыттым. Онтон ты?ыта дайан тахсыбытын охтордум.
Салгыы баран истим. Биир атыыр чыркымай иннибиттэн к?т?н тахсан ?рэх то?ойугар тиийэн т?стэ. Аргыый хааман киирдим. Арай к?рб?т?м: атын чыркымайдар хоро?он а?ай олороллор эбит. Ма?най хаастар дуу дии санаатым, ?р толкуйдуу барбакка, биир чуга?ын ыттым. К?т?рд?р?м ?рэх то?ойун эргийэ дайдылар. Мин, ботуруон укта-укта, бы?а с??рд?м. К????? ???с гыммытым, хайа сах аа?ан эрэллэр эбит. Кэнники ку?у ыттым – умса кэлэн т?стэ. Онтон инникини ыттым – тиэрэ кэлэн т?стэ. Ылан к?рб?т?м: хаас са?а кустар. Мин «туох кустара буолла?ай?» диэн толкуй б????? т?ст?м. Онтон улуннар бы?ыылаах диэн сэрэйэ санаатым.
Муоста?а тиийэн баран, т?нн?н кэлэн дурдабар хоннум. К?л?ччэм кыра ба?айы да, кэлбит кус бы?а ааспат. К?н тахсыыта кэлэллэр. К?н сарда?атын утары к?рд?хх?, халба атыыра т???э са?аран бастаан и?эр буолар. Эбэтэр чааппара к???нн?р барахсаттар т??лэрэ-??н?р? кэрэтин. Мородулар, чыркымайдар астыктарын. Хайа булчут маннык кэрэ к?ст??ттэн долгуйан нохтолоох тойон с?рэ?э к??скэ тэбиэ, хай?ахтаах хара быара хамсыа суо?ай. К?л?ччэм кыра буолан, халлаан сырдаабытын кэннэ кэллэхтэринэ, туох баар кэрэ ??н?р?-дь???ннэрэ бу баар курдук дьэрэлийэн к?ст?р. Ууга т??эллэригэр кынаттарын араастаан хамсаталлара этиэхтэн эриэккэс. Аны кынаттарын тыа?а дьикти кэрэ дор?оон буолан и?иллэр. Айыл?а барахса??а сынньанан, ол саас олус ?ч?гэйдик бултаабытым.
?ллэ?ик
Хайахсыкка ?лэлии сылдьабын. Учуутал к?н?гэр ?р??т?б?т. ?р?б?л? ту?анан, матасыыкылынан дойдубар тиийдим. Ийэм «убайдары? Нуучча ?рэ?ин ба?ын ??тээнигэр бааллар» диэбитигэр, ?л хабаат, онно ыстаннардым.
??тээ??э киэ?э тиийдим, дьонум ??рэ к?р?ст?лэр. Убайдарым, аба?ам, таайым Мэхээлэ уонна а?ам булка ??рэппит ки?итэ ?нд?р?й бааллар. ?нд?р?й турбут-олорбут, к??стээх-уохтаах, ата?ынан лаппа кыанар ки?и этэ. (Билигин уола Тимка улахан булчут).
Киэ?э а?аан баран утуйдубут. Сарсыарда у?уктубуппут – аба?абыт ?л?к?й чэйин оргуппут, а?ын тардыбыт. Би?иги ??тээн та?ыгар остуолга олордохпутуна, о?онньорбут аал уотун арыылаах алаадьынан айах тутта, онтон ньыкырыйан кэлэн остуолга олордо. А?ыы олорон т??лб?т?н ыйыппытыгар ким да са?арбата. Онтон ?л?кс?й т??лбэр ?лг?мн?к бултуохпутун мэ?эйдээтилэр диэтэ. Имири-хомуру а?аан баран, икки а?ыы хайды?ан, хаама бардыбыт.