Арай к?рб?т?м: аллараа хайа анныгар икки тайах турар. Аппыттан аргыый т??эн маска баайдым. Ыксаабакка холкутук кы?аан иккитэ ыттым да, та?ы-бы?а сыы?ан кэбистим. Кыылларым онуоха талах кэннигэр аргыыйдык киирэн хааллылар.
Мин тайахтарга чуга?аары, саабын ииттэ-ииттэ т?ргэн хаамыынан хайаттан т??эн истим. Тайахтар суохтар. Талахтан тахсалларын кэтиибин. ?йд??н к?рб?т?м, биир б?лк?й талах кэннигэр тураллар эбит. Маннык чуга?атыахтара диэбэтэх ки?и, со?уйан, саабын эмискэ ?р? к?т???рб?н кытта, тайахтар ыстанан кэбистилэр. Ма?найгы ойууларыгар куобахтаан бачыр?аттылар, и?эхтэрэ ыраахха тиийэ бырда?алаан олордо. У?а диэки ыстаммыты ытан саайдым. Онуоха эргиллэ т?стэ да, миэхэ утары с??рдэ. Мин тамайа сиэлэн эрэр иккис тайа?ы ыттым.
Ма?найгы, утары с??рэн кэлэн чугас, с??рбэччэ хаамыы сиргэ, хорус гынна. Долгуйан, ботуруоммун м?чч?-хаччы уган, кыылбын кы?ааппын кытта тайах кэннигэр ыппыт с??рэн кэллэ. Ыты дэ?нээтэххэ аана суох алдьархай, иитэ суох иэдээн буолар, онон ыппатым. Тайа?ым ыты к?р?н эргилиннэ да?аны, ?рэ?и туораан, ?р?йэни ?р? батан бара турда. Тайах кэнниттэн Дьэримиэй ытын кытта с??рэн бур?атта.
Мин ма?найгы ыппыт тайахпын суоллаабытым ырааппакка охтубут этэ. Тайах и?ин хостоон баран, хайа ?рд?гэр тахсан аппын ыллым. Битигирэтэн ки?ибэр тиийбитим, Дьэримиэй анараа тайа?ы охторон сытыарара. Ата?ым уоскуйан то?о хойутаабыппын туо?уласта, онуоха тайах астыы сылдьыбыппын кэпсээбиппэр со?уйда да, ??рдэ да.
Кыылбытын астаан баран ата?ым эттэ: «Бу си?инэн Эбэ?э бы?а т????ххэ». С??счэкэ хардыыны барарбытын кытта билигин эрэ ааспыт киис суолун к?рд?б?т. ?р буолбата, ыппыт ?рэн то?о барда. Тиийбиппит – кии?и сытар тиит к??д?й?гэр хаайбыт эбит. С?гэнэн хайа?ас о?орон кыылбытын ыллыбыт. Сотору хара?аран барда, онон ?рэххэ киирэн суол устун дьиэлээтибит.
Баай барыылаах Байанай наарын о?орон оннук к?нд?лээн со?утан да, ??рдэн да турардаах. А?ыйах да хонукка буоллар, кэрэ кыыс Амма Эбэ барахсан дуо?уйа сынньатан, астына бултатан турар. Кэлин Дьэримиэй дойдутугар, Хатарчыма ??тээнигэр бултаан турабын, ол ту?унан туспа кэпсээн.
Т?гэнэ?э
Би?иги биир саас Горнай улуу?ун Т?гэнэ ?рэ?эр Кыайыы к?н?ттэн Ньукуолу??а диэри кустаабыппыт. Баай Байанай мичик гынан, кус б???н? ?лг?мн?к бултаан, сарсыныгар айаннаары тото-хана а?аан баран, утуйаары сыттыбыт.
Ол сытан сылгы?ыт Бииктэртэн: «Дьэ бу олорор дьиэ? аартык айа?а эбит, айан суолунан т???л??х ки?и аа?ара буолуой. Туох эмэ ки?и ?й?гэр хаалар т?бэлтэ буолбута дуо?» – диэн ыйыппытым.
Бииктэр, улахан курбуу курдук у?ун хара бараан саа?ыран эрэр ки?и, оронуттан туран о?о?ун иннигэр тиийэн талах олоппоско олорон эрэ табах ууруммута уонна оргууй тарда-тарда кэпсээнин ыраа?ынан э?сэн са?алаабыта…
«Т?гэнэ Эбэ – мин би?икпин ыйаабыт т?р?т сирим. Бу Эбэ?э саас кус са?ата ки?ини утуппат буолара. Мин саас кус кэлиитэ, ити э?иги сыппыт к?л?ччэ?итигэр, ууну атах сыгынньах кэ?э сылдьан куска тиргэлиирим, к??нэххэ туу угарым. Дьэ, кырдьык, бу суолунан араас дьон аа?ар.
Биирдэ ?гэспинэн сылгыбын к?р? сырыттым. Мантан тэйиччи со?ус к??л ?рд?гэр быра?ыллыбыт ??тээн баар. Ол ??тээн та?ыгар чэйдээри тохтоотум. Арай До?ор диэн ытым ырдьыгыныы-ырдьыгыныы ??тээ??э ойон тиийдэ. Эргэ, быра?ыллыбыт ??тээн аана суох этэ. Ытым боруокка туран ?рэн то?о барда. Мин туох ааттаа?ы ?рдэ диэн со?уйдум. Дьиксинэн саабын бэлэм туттум уонна дьаархана-дьаархана аргыый ??тээни ???йд?м. Арай, до?оор, к?р? т?сп?т?м: кугас батта?а арбайан, сирэйин саба т?сп?т дьахтар умса туттан наара орон сы?а?атыттан тайанан олорор эбит. Т?б?м оройуттан ата?ым тилэ?эр диэри тымныы с??рээн дьырылаата. Куйахам ?м?р?тэ тутта, этэллэригэр дылы, батта?ым турда. К?рб?пп?н итэ?эйбэккэ таалан, мах бэрдэрэн турдум. Ма?най абаа?ы дии санаатым. К?н?стэри хайдах илэ барда?ай диэн дьиктиргээтим. Ити санааттан ты?аабыт ньиэрбэм уоскуйан, туос амабар т?ст?м. Со?уйбутум-?м?рб?т?м аа?ан, ?йд??н-дь??ллээн к?рб?т?м: нуучча дьахтара эрэйдээх умса туттан олорор эбит. У?уох-тирии буолуор диэри ырбыт, батта?а сирэйин саба т?сп?т, ыт да ?рэригэр кы?аммат турукка киирбит. Дьэ онтон, Саха сирин к??ллэрин ??рэтэр учуонай дьахтар муммут диэбиттэрин ?йд??т?м. Онон, дьахтарым сибиэн буолбата?ын сэрэйэн, уоскуйдум. Куттанан, саллан, дьахтарбын сэрэнэн таарыйдым. Ма?най миигин буспатах балык миинин курдук мээнэнэн к?рд?, онтон са?а у?уктубут ки?илии тобулу одуулаата. Ол кэннэ эмискэ ?йд?н?н сарылыы т??ээт, миигин кууста уонна кыра о?олуу ытаан то?о барда. Хам куу?ан олорон, ытыырын быы?ыгар ?р?т-?рд?гэр эттэ: «Муммутум ый а?аара буолла, б?г?н бэйэбэр санана олорбутум, эйигин миэхэ та?ара ыыппыт». Дьахтарым ытаан уоскуйбутун кэннэ аппар олордон, бэйэм сиэтэн, т?л?п??н быыскатыгар кэлэн, Бэрдьигэстээххэ эрийдибит.
Чаас а?аара буолбата, кинини к?рд?? сылдьар дьон б?рт?л??т?нэн кэлэн ылан барбыттара. Дьахтарым махтанан б???, т?л?п??н?н н??мэрин биэрбитэ да?аны, ?рэх ба?ыгар олорон, хантан эрийиэхпиний. Дьэ итинник, биирдэ муммут ки?ини быы?аан турардаахпын.